Бурхан итэҕэлэ
From Wikipedia, the free encyclopedia
Бурхан итэҕэлэ (алтайдыы: буркан jаҥ; Ак jаҥ (Үрүҥ итэҕэл); Сÿт jаҥ (Үүт итэҕэл); Алтай jаҥ (Алтаай итэҕэлэ)) — XX үйэ саҕаланыытыгар Алтаайга үөскээбит алтаай омук итэҕэлэ. "Бурхан" диэн өйдөбүл түүрдүү быркан ("таҥара") уонна уйгуурдуу-моҕоллуу burχa, бурхан ("Будда") диэн[1][2]. Бурхан итэҕэллээх алтаайдар бэйэлэрин итэҕэллэрин "хара" уонна "хааннаах" итэҕэлгэ, ол аата ойууннааһыҥҥа утаран "үрүҥ", "үүт" итэҕэл диэн ааттыыллар. Бурхан итэҕэллээхтэрэ Дьуҥҕаар хааннарын кэмин үрдүктүк саныыллара, алтаай омук историятын "көмүс кэмэ" дииллэрэ уонна ол кэминээҕи сиэри-туому, быһыыны-майгыны төнүннэрэ сатыыллара. Ону тэҥэ бурхан итэҕэлин алтаай омук политическэй хамсааһынын курдук саныахха сөп[3][4][2]. Бурхан итэҕэллээхтэр, чуолаан Г. Гуркин диэн уруһуйдьут Каракорум-Алтай окружной управатын, ол эбэтэр алтаай омук автономиятын тэрийбиттэрэ[5], кэлин бу автономия Ойрот автономнай уобалаһыгар кубулуйбута. Сорох дааннайдарынан билиҥҥи кэмҥэ алтаай омук 70%-на бурхан итэҕэлин ылынар[6][7].