Инсульт - тымыр быһа барыыта
тымыр быһа барыыта / From Wikipedia, the free encyclopedia
Инсульт диэн киһи төбөтугэр тымыр быстан эбэтэр бүөлэнэн, хаан эргиирин кэһиллиитэ. Бөлүөх хаан (тромб) эбэтэр быстыбыт тымыртан тохтор хаан мэйии хаанынан хааччыллыытын кэһиллиитэ.
Кислород уонна глюкоза киирбэтиттэн мэйии килиэккэлэрэ өлөллөр, илии-атах, саҥа-иҥэ уонна төбө улэлэрэ кэһиллэр.
Арассыыйаҕа ыалдьааччы ус гыммыт биирэ улэлиир саастарыгар сылдьан дьон эбит буоллаҕына, инсульт кэнниттэн 20%-тан элбэҕэ суох киһи эрэ улэлиир турукка төннөр. Ону таһынан кэнникиннэн инсульт саастаах эрэ дьону буолбакка, 20-30 саастаахтары, бэл диэтэр, оҕолору охсор буолбутун бэлиэтиир наада.
Инсульт кими баҕарар охсуон сөп. Оһол тумугэр бөлүөх хаан үөскээһинэ эбэтэр аневризм (тымыр эркиннэрэ мөлтөөн бөлтөйөн тахсыыта) сайдыыта ардыгар кыайан хонтуруолламмат буоллаҕына, маннык ыарыылаах эбэтэр дьаллыктаах дьон, сэрэниэххитин наада.