Дьиэ
From Wikipedia, the free encyclopedia
Дьиэ диэн дьоннор олорор тутуулара буолар. Наар турар тутуу буолар, ол курдук хомуйан баран көһөрөргө ыарахан буолар, ол аата балаакка буолбат. Дьон биир сиргэ син уһуннук олорор буоллахтарына, ол сири Дьиэ диэн ааттыыллар.[1]
Дьиэлэр араас кээмэйдээх уонна көрүҥнээх буолаллар. Биир хостоох буолуон сөп, ол эбэтэр хосторо сүүстэн тахса буолуон сөп. Араас таһымнаах буолуохтарын сөп. Холбоммут дьиэлэр эрээтинэн турар буолуохтарын сөп, араас таһымнаах буоллаҕына кыбартыыра диэн ааттанар.[2]
Дьиэҕэ ардахтан уонна күнтэн хахханарга кырыыһалаах буолар. Тымныыттан уонна тыалтан хаххаланарга истиэнэлэрдээх буолар. Үксүгэр сырдыгы киллэрэргэ түннүк аһыылаах буолар. Араас дойдуларга дьиэлэр араас араас буолаллар - матырыйааллара уонна истииллэрэ.