Кубрат (хаан)
From Wikipedia, the free encyclopedia
Кубрат хаан (болг. Кубрат, гир. Χουβρατις), Кробат (болг. Кробат)[1], Курбат, Курт (болг. Куртъ) — уногундур диэн булҕар бииһин баһылыга[2].
Кубрат хаан Дуло диэн аҕа уустан төрүттээх буолуон сөп.
Чинчийээччилэр үксүлэрэ саныылларынан Кубрат хаан VIII–IX үйэлэргэ булҕар биистэрин түмпүт уонна Византия былыргы кинигэлэригэр Улуу Болҕар (Булҕар) сирэ дэнэр саҥа дойдуну тэрийбит[3].
И. О. Гавритухин диэн археолог этэринэн Улуу Болҕар сирин хаана Кроват өлбүтүн кэннэ (641 уонна 668 сыллар ыккардыгар) болҕардар ыһыллыбыттар уонна сорохторо хазардарга бас бэриммиттэр, атыттар буоллаҕына куоппуттар. Ол эрээри бу этиллибит Кроват уонна Кубрат биир киһи буолаллара мөккүөрдээх[2].