Хангыль
From Wikipedia, the free encyclopedia
Хангыль (кор. 한글) диэн Кэриэй тылын уонна Чиа-чиа тылларын алпабыыта. [1]
Чосон династиятын төрдүс хоруолун Улуу Сэдьон 1443 сыллаахха айбыта уонна билиҥҥигэ дылы киэҥник туттуллар. Тарҕаммытын кэнниттэн Сэдьон Хоруол Хунминчоҥым Һэрэбон(훈민정음 해례본) диэн Хангыль туһунан үлэтин бэчээттээбитэ, 1997 сыллаахха үлэтэ ЮНЕСКО өйдөбүнньүгүнэн ааҕыллар буолбута.
Хунминчоҥым Һэрэбон кинигэтэ икки тутаах быраабылаларын быһаарар. Бастакы быраабылата сабыы дорҕооннор аһаҕас дорҕооно суох турбаттар, уонна иккис быраабылата Хангыль аһаҕас дорҕоонноро Чонджиоҥҥа тураллар диэн. Чонджион диэн үс элеменнаах философияҕа сыһыаннаах диир - ол курдук халлаан (천), сир(지) уонна киһи (인).