From Wikipedia, the free encyclopedia
Октоберфест (ниэм. Oktoberfest, хос аата ""Пиибэ бырааhынньыга") диэн бавардар бырааhынньыктара, Мүнхен куоракка сыл аайы ыытыллар. 16 күн устата буолар, балаҕан ыйын бүтүүтүттэн алтынньы саҥатыгар дылы. Аан дойду ордук улахан дьаарбаҥа буолар. Сыл аайы Октоберфестка 6 мөлүйүөн киһи ыалдьыттыыр, үксэ баай дойдулартан (Эуропа, АХШ, Дьоппуон). Кэнники кэмҥэ сахалар эмиэ сылдьаллар, 2007-2009 сс Германия дойдутугар, Баварияҕа 1 тыһ. курдук саха сылдьыбыт.
Октоберфесты Мүнхен салалтата тэрийэр уонна ыытар. Фестивалга олохтоох пиибэ компанияларын эрэ кытыннараллар. Кинилэр анал Октоберфест пиибэтин (ниэм. Oktoberfestbier) астыыллар, кини арыгытын кыраадыhа 5,8—6,3 %.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.