Аанчык (киинэ)

From Wikipedia, the free encyclopedia

Remove ads

«Аанчык» — «Сахафильм» 2006 сыллаахха устубут уус-уран киинэтэ. Уһуна 49 мүнүүтэ. Сахалыы тыллаах, нууччалыы субтитрдаах.

Сценарийын Никита Аржаков суруйбут, кини туруоруута.

Оператор-постановщик Юрий Березкин.

Оруолларга оонньууллар: М. Азарова, Е. Ощепков, Т. Мыреева.

Киинэ Суорун Омоллоон кэпсээнинэн уһуллубут. Кыыс таптыырын уонна бэйэтин курус дьылҕатын буолуохтааҕын курдук ылынарын туһунан.

Сайыҥҥы сыаналарын Таатта улууһугар Чөркөөххө, оттон кыһыҥҥыны «Сахафильм» павильонугар Дьокуускайга устубуттар. Мария Азарова киинэ уһалларын кэмигэр Култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр үһүс кууруска үөрэнэрэ. Оттон Мычаары оонньообут Егор Ощепков кэллиэһи саҥа бүтэрэ сылдьар кэмэ этэ[1].

Remove ads

Кыттыбыт бэстибээллэрэ

  • Semaine de la Sibérie Cinéma et Rencontres, Страсбург (Франция), 2012
  • Festival international du film polaire, Париж / Лион (Франция), 2011

Быһаарыылар

Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads