Азербайдьан

From Wikipedia, the free encyclopedia

Азербайдьан
Remove ads

Азербайдьан (азер. Azərbaycan), официаллык Азербайдьан Өрөспүүбүлүкэтэ (Azərbaycan Respublikası) диэн Соҕуруу Хапхаас ордук улахан уонна элбэх дьонноох дойдута. Икки континеҥҥа сытар: Илин Эуропаҕа уонна Арҕаа Азияҕа. Азербайдьантан илин Каспий байҕал баар, соҕуруу Иран, соҕуруулуу-арҕаа Эрмээн Сирэ, арҕаа уонна хотугулуу-арҕаа Грузия уонна хоту Россия. Азербайдьан Нахчыван диэн эксклавыттан Иран соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа баар, Түркийэ арҕаа уонна Эрмээн Сирэ хоту уонна илин. Дойду Каспий байҕалга хас да арыылардаах.[3]

Кылгас чахчылар Азербайдьан Өрөспүүбүлүкэтэ Azərbaycan Respublikası, Ил тыла ...

Азербайдьан секулярдыы уонна биир кэлим өрөспүүбүлүкэ.

Remove ads

Устуоруйата

Урукку бириэмэгэ Азербайдьан «Кавказ Албанията» диэн аатанар этэ, уонна Византийа уонна Персия бириэмэтигэр автономия быһыытынан сылдьбыта.

Арааптар 7-с үйэҕэ былдьаабыттарын кэниттэн мусульмааннар сабыдыалыгар 19-с үйэҕэ дылы сылдьыбыта.

1920 сыллаахтан 1991 сылга дылы ССРС өрөспүүбүлүкэтэ буолбута.

Нууччалар Азербайдьаҥҥа 19-с үйэ саҕаланыытыттан олорбуттара, ол гынан баран ССРС суох буолбутун кэнниттэн Азербайдьаҥҥа ахсааннара аччыыр тоҕо диэтэххэ нуччалар уонна атын норуоттар Азербайдьантан барбыттар.

Remove ads

Эбии маны көр

Быһаарыылар

Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads