Васильева Анна Михайловна

From Wikipedia, the free encyclopedia

Remove ads

Васильева Анна Михайловна (14.12.1916, Ураанай нэһилиэгэ, Амма улууһа, Саха уобалаһа — 1992) — Социалистическай Үлэ Геройа.

Кылгас чахчылар Үлэтэ:, Төрөөбүт күнэ: ...
Remove ads

Олоҕун олуктара

1916 сыллаахха ахсынньы 14 күнүгэр Амма оройуонугар Ураанай нэһилиэгэр[1] төрөөбүт.

1945 сыллаахха Бөтүҥ сельсовет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт. Ити дуоһунаһыгар 32 сыл үлэлээбит. ССКП обкомун чилиэнинэн иккитэ талыллан үлэлээбит. Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин депутатынан талылла сылдьыбыта.

ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1971 сыл муус устар 8 күнүнээҕи Ыйааҕынан Васильева Анна Михайловнаҕа Социалистическай Үлэ Геройун аата иҥэриллибитэ.

Remove ads

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Социалистическай Үлэ Герой (1971)
  • Ленин уордьана (1971)
  • «Аҕа дойду сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэ иһин» мэтээл (1946)
  • Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ (1976)
  • Амма улууһун ытык киһитэ

Өссө маны көр

Социалистическай Үлэ Геройдарын тиһигэ (Саха Сирэ)

Быһаарыылар

Сигэлэр

Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads