Горохова Евдокия Николаевна
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
Горохова Евдокия Николаевна — Саха биллиилээх ил уонна уопсастыба диэйэтэлэ, 1980—1985 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.

Олоҕун олуктара
- 1924 сыл ахсынньы 12 күнүгэр Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгэр төрөөбүт.
- Үлэтин библиотекарынан саҕалаабыта, ол кэнниттэн ВКП(б) Аллайыаха райкомун техническэй сэкэрэтээрэ.
- 1946 сыллахха Чокуурдаах орто оскуолатын учуутала, Аллайыаха ЫБСЛКС райкомун сэкэрэтээрэ.
- 1948 сыллаахха Москваҕа комсомольскай оскуолаҕа үөрэнэр.
- Үөрэҕи бүтэрээт, ЫБСЛКС Саха обкомун сэкрэтээринэн ананан үлэлиир.
- 1952 сылтан партия үлэтигэр.
- 1952—1956 сыллардаахха Эдьигээн райкомун сэкрэтээрэ.
- 1960 сыллаахха Красноярскайдааҕы Үрдүкү партия оскуолатын бүтэрэр уонна ССКП Аллайыаха райкомун сэкрэтээрэ. Бу дуоһунаска 17 сыл үлэлиир.
- 1979 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
Remove ads
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2004)[1]
Быһаарыылар
Өссө маны көр
Ылыллыбыт сирэ
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads