Индонезия
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
Индонезия Өрөспүүбүлүкэтэ (индонезиялыы Republik Indonesia) диэн Соҕуруулуу-илин Азия дойдута. 17,508 арыыга баар. Индонезия аан дойду ордук улахан архипелаг дойдута. Олохтоохторун ахсаана 237 млн киhи (аан дойдуга 4с миэстэ, Ислам дойдуларыттан 1кы миэстэ). Папуа Саҥа Гуинеялыын, Илин Тимордуун уонна Малайзиялыын кирбиилэhэр.
Remove ads
Экономиката
Индонезия - биир саамай улахан сельско-хозяйственнай продукцияны оҥорон таһаарар дойду. Улахан промышленно-сайдыбыт куораттар бааллар, холобура Дьакарта, Семаранг, Сурабайа, Паданг, Парлембанг, Паканбару, Дьамби, Бенкулу (Бэнкулу), Денпасар, Раба. Бу ыйыллыбыт куораттарга дойду 89% индустрията баар, олортон 52% Дьакарта куоратка тиксэр. Онон сибээстээн Дьакарта куорат саамай улахан промышленно-сайдыбыт куората буолар, ону таһынан саамай улахан иэнинэн, дьонун ахсаанынан даҕаны
Remove ads
Индонезия бэлиэ күннэрэ
- Ыам ыйын 2 — Үөрэх күнэ
- Ыам ыйын 20 — Дойду уһуктуутун күнэ (1908)
- От ыйын 23 — Оҕо күнэ[1]
- Атырдьах ыйын 10 — Бэтэрээннэр күннэрэ. Дойду тутулуга суох буолуутун иһин уонна аан дойду үрдүнэн эйэни көмүскүүр кыргыһыыларга кыттыбыт бэтэрээннэргэ ананар күн. 2014 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Бэрэсидьиэн ыйааҕар этиллэринэн бу күн 1949 сыллаахха Голландия аармыйатын кытта сэрии Суракартаҕа эйэ сөбүлэҥинэн түмүктэммитэ[2].
- Атырдьах ыйын 17 — Тутулуга суох буолуу күнэ (Японияттан, 1945)
- Атырдьах ыйын 18 — Конституция күнэ
Remove ads
Альбом
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads