Лаптевтар байҕаллара
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
Лаптевтар байҕаллара диэн Хоту океан кытыы байҕала. Таймыыр тумул арыы уонна Хоту Сир арыылар арҕаа өртүнэн, Саҥа Сибиир арыылара илин өртүнэн. Иэнэ 662 000 км². Орто дьириҥэ 50 м. кэриҥэ, саамай дьириҥ сирэ 3385 м. Бөдөҥ хомолор: Хатанга хомото, Өлөөн хомото, Фаддей хомото, Мария Прончищева хомото, Буор Хайа хомо. Байҕал арҕаа өртүгэр элбэх арыылардаах. Байҕалга түһэр өрүстэр: Хатанга, Анаабыр, Өлөөн, Өлүөнэ, Дьааҥы. Сыл улахан аҕара уута тоҥ. Сүрүн муора порда — Тиксии.
Байҕал Лаптев Д.Я. уонна Лаптев Х.П. ааттарынан ааттаммыт, маҥнайгы аата Норденшельд байҕала диэн этэ.
Remove ads
Ылыллыбыт сирэ
- Словарь современных географических названий,
- Якутская АССР, словарь - справочник, Якутск, 1980 г.
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads