Мэлдьэхси нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
Мэлдьэхси нэһилиэк. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун нэһилиэгэ, киинэ Суола.
Майаттан 28 км хоту диэкки сытар.
Нэһилиэнньэтин ахсаана — 515 киһи (2007 сыл).
Устуоруйата
Аҕа уустара
Бастакы Мэлдьэхси аҕа уустара: Дьэбини аҕа ууһа, Суос аҕа ууһа, Сөтө! аҕа ууһа, Ньыппыраах аҕа ууһа, Чугуун аҕа ууһа, Абаҕа аҕа ууһа.
Үһүс Мэлдьэхти аҕа уустара: Боппо аҕа ууһа, Мүрэх аҕа ууһа, Мэри аҕа ууһа[1]
Мэлдьэхси — Мэҥэ улууһун биир улахан ууһа, билигин нэһилиэгэ. Болотой Орхонтон Мэҥнээх Мэлдьэхси төрөөбүтэ үһү диэн кэпсэнэр. Онтон тэнийэн-ууһаан Суола үрэх тардыытынан, Эһэлээх арыынан, билиҥҥи Тулагы-Киллэм сирдэринэн тарҕаан олордохторуна, 1710 сыллаах сири үллэриигэ I Мэлдьэхси (билиҥҥи Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси, Хорообут, Дьаҥхаады нэһилиэктэрэ), II Мэлдьэхси (билиҥҥи Чурапчы улууһун нэһилиэгэ), III Мэлдьэхси (билиҥҥи Мэҥэ-Хаҥалас Томторо) диэннэргэ араараллар. Онон Мэҥэ улууһун биир бөдөҥ, күүстээх аҕа ууһа бытарыйар.
Remove ads
Нэһилиэктэн төрүттээхтэр
Романов Петр Петрович (1902—01.05.1952) — сахалартан бастакы идэтийбит худуоһунньук, Саха АССР норуодунай худуоһунньуга, Чурапчы оройуонугар киирсэр II Мэлдьэхси.
- Шергин Роман Иосифович (1917 — ) — капитан, летчик-штурман, Иккис Аан Дойду сэриитин кыттыылааҕа.
- Посельская Аксения Васильевна (24.12.1924—1983) — саха бастакы балерината, Чурапчы оройуонугар киирсэр II Мэлдьэхси.
- Корякин Иннокентий Дмитриевич (1931 с. ыам ыйын 1 к. төр.) — саха живописеһа, Чурапчы оройуонугар киирсэр II Мэлдьэхси.
- Апросимов Василий Васильевич (13.12.1952—2007) — Саха Өрөспүүбүлүкжтин үтүөлээх артыыһа.
Remove ads
Сигэлэр
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads