Нохсоров Устин Гаврильевич

From Wikipedia, the free encyclopedia

Нохсоров Устин Гаврильевич
Remove ads

Устин Гаврильевич Нохсоров (27.05.1907—1951) — ырыаһыт, олоҥхоһут.

Thumb
Устин Нохсоров

Олоҕун олуктара

1907 сыллаахха ыам ыйын 27 күнүгэр Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1938 сыл сэтинньитигэр ВКП(б) чилиэниттэн таһаарбыттар, ол кэннэ сымыйа буруйдааһыҥҥа түбэһиннэрэн, хаайбыттар. «Буруйун» дакаастаабаккалар босхолообуттар. Ол эрээри, хаайыыттан күүскэ ыалдьан тахсыбыта. 1939 балаҕан ыйын 22 күнүгэр эрэ толору реабилитацияламмыта.

1940 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай тыйаатырыгар «Ньургун Боотур» олоҥхоннон Суорун Омоллоон испэктээх туруорбута. Онно Нохсоороп режиссер ассистенын уонна артыыс быһыытынан көхтөөх кыттыыны ылбыта. Үрүҥ Уоланы оонньообута.

1951 сыллаахха өлбүтэ.

Remove ads

Олоҥхолоро

Кыра эрдэҕиттэн аатырбыт Амма олоҥхоһуттарын Т.В. Захаровы – Чээбийи уонна Г.З. Артемьевы истэн улааппыта. Кинилэр олоҥхолорун кэлин да астына толороро. Эдэр эрдэҕиттэн дьикти күүстээх күөмэйдээх ырыаһыт быһыытынан биллибитэ.

  • «Сылгы уола Дыырай бухатыыр»
  • «Хараҕын анныгар хаппар саҕа хара мэҥнээх хайаҕымсах Хаан Тойон уола өлбөт-сүппэт Yрүҥ Уолан бухатыыр»

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха АССР үтүөлээх артыыһа

Сигэлэр


Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads