Протопопов Петр Иванович

From Wikipedia, the free encyclopedia

Remove ads

Протопопов Петр Иванович — Степан Аржаков аатынан колхоз ньирэй көрөөччүтэ, Социалистическай Үлэ Геройа.

Кылгас чахчылар Үлэтэ:, Төрөөбүт күнэ: ...
Remove ads

Олоҕун олуктара

1914 сыллаахха Уотту нэһилиэгэр[1] дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. 1934 сылтын Уотту нэһилиэгэр тэриллибит колхозка үлэлээбит.

1959 сыллаахха Сталин аатынан колхозка[2] сүөһү иитиитигэр, ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбит. Сэттэ сыллаах былааны толорууга үрдүк ситиһиилэммит.

ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1966 сыл кулун тутар 22 күнүнээҕи Ыйааҕынан Протопопов Петр Ивановичка Социалистическай Үлэ Геройун аата иҥэриллибит, Ленин уордьана уонна «Сиэрпэ уонна Балта» кыһыл сулус туттарыллыбыт.

1968 сылтан совхоз, ньирэй иитиитигэр мөлтөх көрдөрүүлээх, Чочутааҕы салаатыгар үлэлээбит. Кыһамньылаах, дьаныардаах үлэтинэн ньирэйдэр орто эбии ыйааһыннарыгар үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит: сайын сууккаҕа 800—850 г., кыһын — 400—450 г.

Петр Иванович үгүс партийнай, сүөһү иитээччилэр сүбэ мунньахтарыгар үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээбит, билиитинэн үллэстибит. Хас да төгүлүн ССКП Бүлүүтээҕи райкомун, 1971 сылтан — ССКП Саха обкомун чилиэннэринэн талылла сылдьыбыт.

ССРС профсоюзтарын XIV съеһин делегата.

Протопопов П. И. Кыайыы 40 сылын туолар өрөгөйдөөх парадыгар Кыһыл Болуоссакка (Москва) кыттыыны ылбыт.

Remove ads

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Социалистическай Үлэ Геройа[3] (1966)
  • Ленин уордьана (1966)
  • «Владимир Ильич Ленин төрөөбүтэ 100 сааһын бэлиэтээн» мэтээл (1970)
  • «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941—1945 сс. Кыайыы отут сыла» мэтээл
  • «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941—1945 сс. Кыайыы түөрт уон сыла» мэтээл
  • «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941—1945 сс. Кыайыы 50 сыла» мэтээл
  • «Аҕа дойду сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэ иһин» мэтээл
  • «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээл
  • И. Сталинтан махтал сурук
  • Бүлүү улууһун ытык киһитэ[4]
Remove ads

Аатын үйэтитии

2014 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр Чинэкэҕэ П. И. Протопопов 100 сааһыгар анаан ыһыах тэриллибит. Бу күн Чинэкэ нэһилиэгин икки Геройдарыгар — Петр Иванович Протопоповка уонна Семен Митрофанович Васильевка сквер аһыллыбыт.[5]

Өссө маны көр

Социалистическай Үлэ Геройдарын тиһигэ (Саха Сирэ)

Быһаарыылар

Литература

Сигэлэр

Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads