Сэргэ
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
Сэргэ — былыргыттан сахаларга аты баайарга туттуллара, ону тэҥэ сиргэ хаһаайын баарын биллэрэрэ. Сахаларга сэргэ — дьол уонна үтүө турук бэлиэтэ буолар. Ыһыах кэмигэр, уонна улахан бырааһынньыктарга, юбилейдарга туруоруааччылара.

Сэргэни туруоруу
Сэргэ үйэлээх буоллун диэн былыр төрдүн бастаан уҥуох сыатынан оҕунуохтуллар, онтон уотунан сиэтэллэр эбит. Сэргэ туруоруохтаах сирдэригэр оҥхой хаһан баран, буорун үс гына чөмөхтүүллэр: үрүт буора, ийэ буора, алын буора. Сэргэни туруоралларыгар бастаан алын буорун, онтон ийэ буорун, тиһэҕэр үрүт буорун куталлар. Хас биирдии араҥаны модьу маһынан ыга симэллэр. Үрүт буорун атахтарынан оҥхойуор диэри тэпсэллэр, онтон сир кырсын сэргэ төрдүгэр быыһа суох гына тэлгииллэр[1].
Remove ads
Быһаарыылар
Өссө маны көр
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads