Тараҕай нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
Тараҕай нэһилиэк. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун нэһилиэгэ, киинэ Табаҕа.
Майаттан 38 км илин диэкки сытар.
Нэһилиэнньэтин ахсаана — 1 157 киһи (2007 сыл).
Устуоруйата
1768 сыллаахха туспа нэһилиэк буолбут.
Аҕа уустара
Сээһик аҕа ууһа, Урсус аҕа ууһа, Ньоргу аҕа ууһа[1]
Нэһилиэктэн төрүттээх дьоннор
Бу нэһилиэккэ Куталаах диэн сиргэ XIX үйэҕэ мындырынан аатырбыт Бэрт Маарыйа диэн Тааттаттан төрүттээх баай дьахтар Владимир Слепцов Чыкыйаас диэн киһиэхэ кэргэн тахсан олорбута. Бэрт киэҥ аймахтары хаалларбыта.
- Михаил Федорович Слепцов (1894 с. төр.)
- Иван Арбита (29.12.1913—13.07.1943) — XX үйэ бастакы аҥаарыгар олорон, айан-тутан ааспыт саха поэта.
- Шишигин Егор Спиридонович (1947 с. сэтинньи 12 к. төр.) — история билимин кандидата.
Марков Федор Иванович (1948 с. алтынньы 5 к. төр.) — муосчут, саха норуодунай худуоһунньуга.- Шишигин Спиридон Спиридонович (1950 с. атырдьах ыйын 1 к. төр.) — хомусчут.
- Гоголева Федора Семеновна (1956 с. муус устар 29 к. төр.) — хомусчут.
Remove ads
Нэһилиэккэ сыһыаннаах дьоннор
- 1890—1892 сс. Ястремскай Сергей Васильевич (1857—1931) Саха сиригэр көскө кэлэ сылдьан саха тылын грамматикатын үөрэппит киһи олоро сылдьыбыт.
Сигэлэр
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads