Томскай (куорат)

From Wikipedia, the free encyclopedia

Remove ads

ТомскайСибиир куората, Томскай уобалаһын уонна Томскай оройуон киинэ. Арҕаа Сибииргэ Томь өрүс үрдүгэр турар. Бөдөҥ үөрэхтээһин, билим киинэ: 7 вуз, 15 чинчийэр институт (НИИ) бааллар. Куоракка былыргы XVIII—XX үйэлэрдээҕи мас уонна таас дьиэлэр элбэхтэр. Куоракка бэйэтигэр 574 тыһыынча киһи олорор[1], муниципальнай тэриллии сиригэр — 787,2 тыһыынча киһи (2019 сыл[2]).

Thumb
Томскай куорат гиэрбэтэ
Remove ads

Саха сиригэр сыһыана

Томскай куорат былыр-былыргыттан Саха сиригэр сабыдыаллаах этэ. Мантан сылдьар хаһаахтар Дьокуускайга кэлэн сулууспалыыллара. Ыраахтааҕы илиитигэр олохтоох дьону киллэрэллэрэ. Бастакы саха үрдүк үөрэхтээхтэриттэн үгүстэрэ бу куоракка үөрэммиттэрэ (Николай Желобцов, Иван Ефимов, Георгий Ефимов).

Билигин да саха устудьуоннара бу куоракка үөрэнэллэр. 2002 сыллаҕы Арассыыйа биэрэпиһин түмүгүнэн манна 122 сахабын дэнэр киһи олохтоох эбит[3].

Remove ads

Быһаарыылар

Ссылки

Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads