Үстээх

From Wikipedia, the free encyclopedia

Үстээх
Remove ads

Үстээх (лат. Trinitas) диэн Христиан итэҕэлин киин догмата. Биир Таҥара үс тэҥ, мэҥэ, бииргэ баар сирэйдээх - Аҕа Таҥара, Уол Таҥара, Ытык Тыын Таҥара. Бу үс ураты сирэй бары биир бүтүн Таҥара буолаллар. «Үстээх» термин Эргэ уонна Саҥа Ыйаах битиктэрин суруктарыгар суох. Үстээх үөрэҕин эрдэтээҥҥи христианнар Таҥара Исустуун сыһыанын туһунан толкуйдаан ырытан сыыйа айан таһаарбыттар диэххэ сөп. Бу термины аан бастаан 2 үйэҕэ Антиохиятааҕы Теофил "Автоликка сурук" диэн айымньытыгар туттубута. Үстээх догматын Никея (325) уонна Константинополь (381) мунньахтара бигэргэппиттэрэ. Үстээх үөрэҕин бүгүн үгүс Христиан салаалара билинэллэр. Үстээҕи утарааччылар эмиэ бааллар.

Thumb
Үстээх тутулун көрдөрөр ойуу
Remove ads
Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads