Туралысов Георгий Михайлович
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
Туралысов Георгий Михайлович (22.04.1903—24.11.1970) — саха тыйаатырын ойуулуур ускуустубатын төрүттээбит саха маҥнайгы үрдүк үөрэхтээх худуоһунньуга. Саха норуодунай худуоһунньуга.

Олоҕун олуктара
1903 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр Өлүөхүмэҕэ Кыыллаах Арыыга төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ уоллара биэс саастааҕар Маачаҕа көһөн олохсуйбуттара. Ол саҕана Маачанан бүлүү эҥэр дьонноро сүөһү үүрэн ааһаллара. Кинилэргэ хоноллор-сынньаналлар эбит. Тоҕус саастааҕар биир олоҥхоһут хоно сытан түүнү быһа олоҥхолуурун сөҕө-махтайа истэн, бухатыырдар охсуһа сылдьалларын оскуола тэтэрээтигэр уруһуйдаабыт. Ону учуутала, көскө сылдьар Куренев диэн киһи, таба көрөн хайҕаабыт, акварель кырааска уонна уруһуйдуур кумааҕы бэлэхтээбит, оту-маһы уруһуйдууругар сүбэлээбит.[1]
1970 сыллаахха сэтинньи 24 күнүгэр Дьокуускайга өлбүт.
Remove ads
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха АССР норуодунай худуоһунньуга
- РСФСР искусствотын үтүөлээх деятелэ
- Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ
Быһаарыылар
Өссө маны көр
Сигэлэр
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads