Шараборин Христофор Прокопьевич

From Wikipedia, the free encyclopedia

Шараборин Христофор Прокопьевич
Remove ads

Шараборин Христофор Прокопьевич (1904—1938), сэбиэт уонна партия диэйэтэлэ, Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ.

Thumb
Шараборин Христофор Прокопьевич

1904 сыл алтынньы 29 күнүгэр Үөһээ Дьааҥы улууһун Дулҕалаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

19161921 сыллардаахха Өлүөхүмэтээҕи училищеҕэ үөрэнэр.

19231924 сыллардаахха Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа үөрэнэр.

19261929 сыллардаахха Ленинградка Зиновьев аатынан Коммунист университерыгар үөрэнэр.

Үөрэнэ сылдьан 19201923 сыллардаахха Ыччат союһун Өлүөхүмэ уокуруктааҕы бюро.

19241926 сыллардаахха РКП(б) Халыма уокуруктааҕы сэкрэтээрэ.

19291930 сыллардаахха ВКП(б) Булуҥ уокуруктааҕы сэкрэтээрэ.

19301931 сыллардаахха ВКП(б) Саха обкомун отделын сэбиэдиссэйэ.

Thumb
Шараборин Х. П. хаайыыга

1931 бэс ыйыттан — 1937 атырдьах ыйыгар диэри Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ.

1937 сылга РСФСР ВЦИКар Саха АССР бэрэстэбиитэлэ.

1937 сыл сэтинньи 5 күнүгэр Москваҕа «антисоветскай националист тэрилтэ чилиэнэ» иһин аресттанар. 1938 сыл тохсунньу 15 күнүгэр сууттанар уонна ытарга приговордаммыт. 1938 сыл тохсунньу 16 күнүгэр ытан өлөрбүттэр.

1956 сыл муус устар 4 күнүгэр ССРС Үрдүкү Суута реабилитациялыыр.

Remove ads
Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads