Сибиэссийэ

From Wikipedia, the free encyclopedia

Сибиэссийэ
Remove ads

Сибиэссийэ[4] (швед. Sverige), официаллык Сибиэссийэ Хоруоллуга (швед. Konungariket Sverige) диэн Хоту Эуропа, Скандинавия ким да тутулуга суох нейтралитет дойдута. Кирбиилэhэр Норвегиялыын арҕаа уонна Финляндиялыын хотугулуу-илин, Даниялыын Оресунд, Каттегат уонна Скагеррак күргэнинэн ситимнээх. Сибиэссийэ тохсунньу 1 к. 1995 с. Эуропа Униятын кыттыылааҕа. Киин уонна ордук улахан куората Стокhольм (олохтоохторун ахсаана 810,000 киhи, тула эргинниин 2 мөл). Иккис уонна үһүс улахан куораттарынан буолаллар Гөтеборг уонна Мальмө.

Кылгас чахчылар Швеция ХоруоллугаKonungariket Sverige, Ил тыла ...

Сибиэссийэ иэнэ 449,964 км² (Эуропа 4с миэстэ). Олохтоохторун ахсаана 9.2 мөл киhи (олортон 7.9 мөл шведтар). Сибиэссийэ олохтооҕун чиҥэ намыhах 20 киhи/км². Дойду дьонун 85 % куораттарга олорор.

Remove ads

Экэниэмикэтэ

Сибиэссийэ — экэниэмикэ үрдүктүк сайдыбыт дойдута буолар. Дьон хамнаһа олох үрдүк. Элбэх мультинациональнай корпорациялар бааллар, холобур Электролюкс, Сааб, IBM, Эрикксон, Вольво. Ынырык күүстээх утилизация баар. Сибиэссийэ Эуропа дойдуларыттан биир саамай баайа уонна аан-дойдуга биир саамай улахан инфраструктурата сайдыбыт дойду.

Дьоно сэргэтэ

Сибиэссийэ - элбэх омуктартан турар дойду буолар. Тоҕо диэтэххэ Сибиэссийэ баай буолан, дьадаҥы дойдулартан үчүгэй олоҕу эккирэтэн кэлбит элбэх эмиграннар бааллар. Билиҥҥи Сибиэссийэҕа шведтар 60% ылаллар. 40% эмиграннар буолаллар. Дьадаҥы дойдулартан куотан, баай Сибиэссийэҕа билигин ынырык элбэх эмигран олорор, үксэ маннык дойдулартан кэлбиттэр: Ирак (700 тыһ), Түркийэ (650 тыһ), Арааб дойдуларыттан (600 тыһ), Африка континеныттан негрдар (500 тыһ), Сербия (450 тыһ), Косово (300 тыһ), аттынааҕы Финляндиаттан (300 тыһ) уонна Польшаттан (300 тыһ), Вьетнамтан (280 тыһ), Кэриэйэттэн (150 тыһ), АХШ (100 тыһ), Кытайтан (100 тыһ), Дьоппуонтан (80 тыһ), Испанияттан (64 тыһ), Арассыыйаттан (40 тыһ), Эстонияттан (37 тыһ).

Remove ads

Дойду бэлиэ күннэрэ

Быһаарыылар

Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads