Эбола вирустаах ыарыыта
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
Эбола вирустаах ыарыыта, Эбола геморрогическай лихорадката эбэтэр судургутук Эбола диэн дьоҥҥо уонна атын үүтүнэн иитээччилэр ыккардыларыгар тарҕанар ыарыы. Эбола вируһа ол ыарыыны ыҥырар. Сибикилэрэ - титирээһин, күөмэй ыарыыта, уҥуох анньыыта уонна төбө ыарыыта икки күнтэн үс нэдиэлэнэн тахсыан сөп. Ол кэнниттэн киһи хотуолуур, сыптарар, онтон быара уонна бүөрэ аккаастыыр. Ол бириэмэҕэ дьон иһигэр уонна таһыгар хаана тахсар буолар.[1] Киһи өлүүтэ сүнньүнэн 6-ттан 16-ыс күнүгэр дылы буолар хаан тиийбэтиттэн буолар.[2]
Remove ads
Эмтээһин
Билигин Эбола утары эмтээһин суох, ол гынан баран ыарыйдахтарына быраастар уонна сиэстирэлэр түргэнник көмөлөстөхтөрүнэ тыыннаах хаалыахтарын сөп. Ыарыһах олус элбэх убаҕаһы иһиэхтэрин наада, тоҕо диэн сыптаралларыттан, хотуоттан уонна хааны сүтэрэллэриттэн олус элбэх ууну сүтэрллэр. Ол иһин регидрация ыытыллар - кыратык саахар уонна туус суураллыбыт уу бэриллэр. Эттэн сүппүт ууну оннук солбуйар курдук. Ону тэҥэ хаан баттааһынын көннөрөр эмтэри биэрэллэр.
Remove ads
Эбола тарҕаныытын тохтотооһун
Эбола утары вакцина билигин суох, ол гынан баран учуонайдар үлэ ыыта сылдьаллар.
Быһаарыылар
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads