Эһэлээх арыылар

From Wikipedia, the free encyclopedia

Эһэлээх арыылар
Remove ads

Эһэлээх арыылар диэн Халыма өрүс төрдүттэн чугас Илин Сибиирдээҕи байҕалга сытар алта арыы:

Thumb
Thumb
Эһэлээх арыылар куйаартан көстүүлэрэ

Крестовскай (саамай улаханнара), Леонтьев, Четырёхстолбовой, Пушкарёв, Лысов уонна Андреев.

Крестовскай арыыга икки хайа баар. Хотугу уонна илиҥҥи кытыллара очуостаахтар, арҕааҥҥы кытыла намыһах, таастаах. Арыы соҕурууҥҥу өртүгэр соҕотох үрүйэ баар.

Арыыга намыһах от уонна лабыкта үүнэр. Хотугу арҕаа кытылыгар даркы баар (ууннан устан кэлбит мас). Кыыллартан табалар уонна кутуйах баар; материктан эһэлэр, бөрөлөр уонна саһыл киирэллэр.

Remove ads

Остуоруйаттан

Ылыллыбыт сирэ

Якутская АССР, словарь - справочник, Якутск, 1980 г.

Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads