From Wikipedia, the free encyclopedia
Былыт диэн салгыҥҥа баар көстөр уу. Былыттан хаар уонна ардах түһэр.
Сиргэ баар уу паар буолан халлааҥҥа тахсар. Үөһэ халлааҥҥа тымныыгар уу муус кристалларыгар кубулуйар, ол хомуллан ардах эбэтэр хаар буолан түһэр. Түһэн баран эмиэ халлааҥҥа паар буолан тахсыан сөп. Ону уу цикла диэн аттааччылар.
Салгыҥҥа киһи көрбөт уу кыырпахтара син биир баар буолар. Салгыҥҥа уу сатаан турбат буоллаҕына былыттарга мунньустар. [1]
Сылаас салгыҥҥа элбэх уу хараныан сөп. Тымныы буоллаҕына оннук элбэх хараныллыбат.
Былыттар олус улахан ыйааһыннах буолаллар. Уутун массата хас да мөлүйүөн тонна буолуон сөп.
Семейства | Род |
---|---|
Үрдүкү ярус былыттара(орто широталарга 6-ттан 13 км дылы буолар) | Перистай былыттар (Cirrus, Ci) Перисто-кучевой былыттар (Cirrocumulus, Cc) Перисто-слоистай былыттар (Cirrostratus, Cs) |
Орто ярус былыттара.(орто широтаҕа 2-ттэн 7 км дылы) | Үөһээ-кучевой былыттар (Altocumulus, Ac) Үөһээслоистай былыттар (Altostratus, As) |
Аллараа ярус былыттара (орто широтаҕа 2 км дылы) | Слоисто-ардахтаах былыттар (Nimbostratus, Ns) Слоисто-кучевой былыттар (Stratocumulus, Sc) Слоистай былыттар эбэтэр Чалах былыт (Stratus, St) |
Тура сайдар былыттар (конвекция былыттара) | Кучевой былыттар (Cumulus, Cu) Кучево-ардахтаах былыттар (Cumulonimbus, Cb) |
Өссө Даҥ хара былыт - олус хара, ыһырыктыйбыт хараҥа былыт[2].
Библияҕа, былыттар Таҥара баарын туһунан бэлиэ буолар.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.