Далыр нэһилиэгэ (Үөһээ Бүлүү улууһа)

From Wikipedia, the free encyclopedia

Remove ads

Далыр нэһилиэк. Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэгэ, киинэ Далыр.

ThumbҮөдүгэй нэһилиэгэНам нэһилиэгэДүллүкү нэһилиэгэХоро нэһилиэгэБоотулу нэһилиэгэДалыр нэһилиэгэКэнтик нэһилиэгэМэйик нэһилиэгэОроһу нэһилиэгэТамалакаан нэһилиэгэӨргүөт нэһилиэгэМаҥаас нэһилиэгэОҥхой нэһилиэгэХарбалаах нэһилиэгэКырыкый нэһилиэгэСургуулук нэһилиэгэСургуулук нэһилиэгэБалаҕаннаах нэһилиэгэБалаҕаннаах нэһилиэгэТуобуйа нэһилиэгэБыракаан нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэ

Улуус кииниттэн 75 км хоту диэкки сытар

Нэһилиэнньэтин ахсаана 931 киһи (2007 сыл), ол иһигэр: Далыр — 816, Быччагдаан — 101 уонна Кулуһуннаах — 14 киһи[1].

1861 сыллаахха чочуобуна тутуллубута. 1879 сыллаахха кини оннугар Далырдааҕы Иннокентьевскай таҥара дьиэтэ тутуллубута. 1880 с. муус устар 20 күнүгэр Дьокуускай уонна Бүлүү епискоба Дионисий кэлэн сибэтии гыммыт. Далыр приходугар 1913 с. I уонна III Үөдүгэй нэһилиэктэрэ, Мэйик, Нам, Кырыкый, I уонна II Хоро нэһилиэктэрэ, II Боотулуу нэһилиэгэ киирэллэр эбит. Онно 1913 с. 4 049 олохтоох баара диэн Национальнай архыып 226-с фондатыгар харалла сытар таҥара дьиэтин дөкүмүөннэрэ туоһулууллар[2].

1911—1912 сылларга Бүлүү өрүс хаҥас өттүнээҕи нэһилиэктэрэ Арҕаа Бүлүү (сороҕор Үөдүгэй диэн ааттанар) улууһа буола сылдьыбыттара. Ол улуус киинэ Далыр этэ[3].

Remove ads

Оскуолата

2007 сыллаахха сэтинньи 30 күнүгэр 162 миэстэлээх оскуола саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирбит (тутааччы «Тоһоҕолоох» ХЭТ, ген. директор А.М.Петров).

Нэһилиэктэн төрүттээхтэр

Багынанова Зоя Петровна (1942 с. муус устар 22 к. төр.) — Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.
Ксенофонтов Владимир Васильевич (1947 с. от ыйын 5 к. төр.) — композитор.
Еремисов Михаил Николаевич (1961 с. тохсунньу 10 к. төр.) — сүүрүк-спортсмен, марафонец.
Дакаяров Иннокентий Иннокентьевич (1967 с. сэтинньи 19 к. төр.) — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа.

Быһаарыылар

Сигэлэр

Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads