Швейцария франката
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
Швейцария франката (ISO 4217 CHF, или 756) Швейцария уонна Лихтенштейн иллэр туттар харчылара. Банкноталарын Швейцария киин баана таһаарар, бытархайын Швейария харчы быһар дьиэтэ. Аан дойдуга кэбэҕэстик туттуллар валюталарыттан биирдэстэрэ (АХШ долларын, евроны, фунт стерлиҥы уонна иэнаны кытта)
Билигин Европаҕа швейцария харчыта эрэ франк диэн ааттанар. Дойду 4 билинэр тылларынан маннык суруддар: Franken (немец тылынан), franc (на французтуу уонна ретро-роман тылыгар), franco (италия тылынан). Франк 1/100 ниэмэстии — Rappen (Rp.), францустуу — centime (c.), италиялыы — centesimo (ct.) уонна ретро-романныы — rap (rp.). Жаргон тылынан «свисси» (ааҥл. swissy) диэн ааттанар.
Remove ads
10, 20, 50, 100, 200 и 1000 сыаналаах банкноттары таһаараллар. Банкноттарга маннык дьон уруһуйдаммытар:
- 10 франкаҕа — Ле Корбюзье (Жаннере, Шарль Эдуард)
- 20 франкаҕа — Артюр Онеггер
- 50 франкаҕа — Софи Тойбер-Арп
- 100 франкаҕа — Альберто Джакометти
- 200 франкаҕа — Шарль Фердинанд Рамю
- 1000 франкаҕа — Якоб Буркхардт
Remove ads
5, 10 уонна 20 рапеннаах (сантимнаах) бытархай харчылар, 1/2, 1, 2 уонна 5 франктар наар тахсаллар. 1 рапеннаах (сантимнаах) бытархайы 2006 быһан тохтоппуттар, 2 рапеннааъ (сантимнаах) бытархайы 1974 с.
Маньыаттар тимирдэрин уларыйыыта: 1939 — 20 рапен алтан-никель сплавыттан (1850—1859 — биллон, 1881—1938 — никель); 1968 год — 1/2, 1, 2 и 5 франк алтан-никель сплавыттан (эрдэ — үрүҥ көмүс); 1981 — 5 рапен алтан-алюминий-никель сплавыттан (эрдэ — алтан-никель сплава).
Биирдэ эмит юбилейдарга уонна туохха эмит сыһыаннаах маньыаттары таһаараллар, сүрүннээү 10, 20 уонна 50 франк сыаналаах.
Remove ads
Өссө маны көр
Сигэлэр
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads