Франк (харчы)

From Wikipedia, the free encyclopedia

Франк (харчы)
Remove ads

Франк (фр. franc) — Франция XIV—XVII үйэлэрдээҕи историческай манньыата. Хойут — Франция харчыта, Бельгия, Люксембург (евроҕа көһүөр дылы), Швейцария о. д. а. дойдулар харчылара.

Сиһилии Франк, 1 франк, Швейцария 1983 ...

Атын дойдулар харчылара

Франк кэккэ дойдулар (Франция урукку колонияларыгар) харчыларыгар улахан сабыдыаллаах этэ.

Франк диэн ааттаах харчы элбэх дойдуларга баар: Бурунди, Гвинея, Джибути, Конго Демократическай Республиката, Комор арыылара, Мадагаскар, Руанда, Швейцария.

Африка кэккэ дойдуларын харчыта франк КФА диэн ааттанар.

Франк манньыатын туттар дойдулар

Билиҥҥи кэмҥэ франк манньыатын туттар дойдулар

Сиһилии Дойдулар, Валюта ...

Урут франк манньыатын туттубут дойдулар:

  • Алжир Алжир: Алжир франката. 1964 сыллаахха динарынан солбуллубута.
  • Андорра Андорра: Французскай франкалар уонна испанскай песеталар 2002 сыллаахха евронан солбуллубуттара.
  • Бельгия Бельгия: Бельгия франката 2002 сыллаахха евронан солбуллубута.
  • Франция Франция сорох көрүҥнэригэр: Франция франката 2002 сыллаахха евронан солбуллубута.
  • Люксембург Люксембург: Люксембург франката 2002 сыллаахха евронан солбуллубута.
  • Мадагаскар Мадагаскар: Малагасийскай франк 2005 сыллаахха малагасийскай ариаринан солбуллубута.
  • Мауритания Мавритания: CFA franc 1973 сыллаахха мавританскай угиянан солбуллубута.
  • Монако Монако: Франция франката 2002 сыллаахха евронан солбуллубута.
  • Марокко Марокко: Марокко франката Марокко дирхамынан солбуллубута.
  • Флаг Саара: Саар франката 1947 сыл сэтинньи 20 күнүгэр дылы туттуллубута. 1959 сыл от ыйын 7 күнүгэр ниэмэс маркатынан солбуллубута.
  • Тунис Тунис: Тунис франката 1958 сыллаахха Тунис динарынан солбуллубута.
Remove ads

Галерея

Кылгас чахчылар

Өссө маны көр

Сигэлэр

Loading related searches...

Wikiwand - on

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Remove ads