2021 сыл
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
2021 сыл
Remove ads
Туох буолбута
Холобоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэрэ 2021 сылы манныкка анаабыта:
- Бигэтик сайдыы туһугар айымньылаах экэниэмикэ сыла;
- Оҕуруот аһын уонна фрукта сыла;
- Эйэ уонна итэҕэйсии сыла;
- Оҕо үлэлиирин суох гыныы сыла[1].
Түбэлтэлэр
Тохсунньу
- Тохсунньу 6 — Быыбар түмүгүн билиммэтэх АХШ бэрэсидьиэнэ Дональд Трамп диэки буолааччылар АХШ Капитолийыгар саба түһүүлэрэ. Биэс киһи өлбүт, Конгресс чилиэттэрэ эвакуацияламмыттар
- Тохсунньу 27 — "Ойуун Сааска" ("Шаман") диэн дьон ааттыыр киһилэрин Александр Габышевы 50 Росгвардеец (ол иһигэр МВД миниистирин солбуйааччы) дьиэтиттэн тутан психдиспансерга иккистээн эмтэтэ илдьибиттэр. Тутуу кэмигэр былаас бэрэстэбиитэлин батаһынан бааһырдыбытын иһин холуобунай дьыала тэрийбиттэр[2].
Олунньу
- Олунньу 1 — Мьянмаҕа байыаннайдар Аун Сан Су Чжини былаастан туораппыттар уонна байыаннай салалтаны олохтообуттар.
- Олунньу 10 — Үгэс курдук сылын ахсын ыытыллар Рио-де-Жанейро карнаваала (Бразилия) COVID-19 хамсыгыттан сылтаан буолбат буолбут.
- Олунньу 18 — Perseverance марсоход Марска Джезеро кратерга этэҥҥэ түспүт.
Кулун тутар
- Кулун тутар 5 — Папа Франциск COVID-19 пандемиятын кэмигэр Ираакка сырыытын саҕалаабыт.
- Муус устар 7 — COVID-19 хамсыга: СиДиСи биллэрбитинэн SARS-CoV-2 Alpha вирус АХШ-ка COVID-19 саамай тарҕаммыт көрүҥүнэн буолбут.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 22 — Кытай Ганьсу провинциятыгар 21 сүүрүк спортсмен 100 килэмиэтирдээх ультрамарафон кэмигэр тымныы тыал түһэн тоҥон өлбүттэр. Чжу Кэмин диэн хой көрөөччү элбэх тоҥон нэһиилэ хамсыыр буолбут сүүрүгү өлөр өлүүттэн быыһаабыт, 6 өйүн сүтэрбит киһини хайа хаспаҕар илдьэн ириэрбит.
От ыйа
- От ыйын 11 — Ричард Брэнсон аан бастакыннан бэйэтин хараабылынан космоска тахсыбыт көннөрү киһи буолбут.
- От ыйын 12 — Европаҕа ардахтан сылтаан халааннар саҕаламмыттар, 190 киһи өлбүт, ол иһигэр 150 киһи Германияҕа.
Атырдьах ыйа
- Атырдьах ыйын 7 — улахан уот Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр суоһаабыт. 33 олорор дьиэ, 8 тутуу уокка былдьаммыт.
Балаҕан ыйа
- Балаҕан ыйын 7 — Сальвадорга биткоины төлөбүр сириэстибэтин быһыытынан сокуонунан билиммиттэр.
- Балаҕан ыйын 19 — Арассыыйаҕа түмэн быыбара буолбут, «Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Госдуумаҕа 72 % ылбыт (450 миэстэттэн 324-үн).
Remove ads
Өлбүттэр
- Бэс ыйын 7 — Нелунов Анатолий Гаврильевич (1943 с.т.) — саха сомоҕо домоҕун чинчийбит учуонай, лексиколог, лексикограф, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата, С.А. Новгородов аатынан Бириэмийэ лауреата, РНА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, Таатта улууһун ытык киһитэ.
- Бэс ыйын 8 — Саха сирин уонна Сибиир омуктарын литэрэтиирэлэрин чинчийбит учуонай Николай Тобуроков (1933 с.т.)
- От ыйын 1 — Муттуххай Бороҥ — суруйааччы, бэйиэт, суруналыыс, Үөһээ Бүлүү улууһун "Үөдүгэй нэһилиэгэ" муниципальнай тэриллии баһылыга.
- От ыйын 5 — Рафаэлла Карра (1943 төр.), Италия ырыаһыта, үҥкүүһүт, тэлэбиидэнньэ ыытааччыта, артыыс.
- Атырдьах ыйын 30 — Карпов Вячеслав Павлович (1947 с.т.) — саха биллииллээх тустууга, успуорт үлэтин тэрийээччи, Дмитрий Коркин аатынан Государственнай бириэмиэйэ лауреата, Чурапчы улууһун ытык киһитэ.
Быһаарыылар
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads