Саморцев Захар Иннокентьевич
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
Саморцев Захар Иннокентьевич (1913, Бэтинчэ нэһилиэгэ, Ленскэй улууһа, Саха уобалаһа — 1989) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Гвардия капитана. Кыайыы Парадын кыттыылааҕа.
Remove ads
Олоҕун олуктара
1913 сыллаахха Ленскэй улууһугар Бэтинчэ нэһилиэгэр Бэрэ диэн сиргэ төрөөбүт.
1942 сыллаахха Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 1942 сыл от ыйыттан Сталинградскай, Киин, 1-кы Украинскай, 3-с Прибалтийскай фроннарга сэриилэспит.
Сталинградтааҕы, Курскай тоҕой, Днепр өрүһү туорааһын кыргыһыыларын кыттыылааҕа. Европа дойдуларын босхолоспут.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьана (12.04.1945[1]; 06.04.1985[2])
- Аҕа дойду сэриитин II ст. уордьана (11.02.1944[3]; 06.09.1944[4])
- Кыһыл Сулус уордьана (14.04.1945)[5]
- «Сталинград көмүскэлин иһин» мэтээл
- «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин 1941-1945 сс.» мэтээл
- «Японияны кыайыы иһин» мэтээл
- «Кёнигсберы ылыы иһин» мэтээл
- Бэтинчэ ытык киһитэ[6]
Аатын үйэтитии
100 сааһын туоларыгар олорбут дьиэтин эркинигэр (Ленскэй к., Победа уул., 22) өйдөбүнньүк бэлиэ туруоруллубут (2013)
Быһаарыылар
Сигэлэр
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads


