Күөх (өҥ)
From Wikipedia, the free encyclopedia
Күөх өҥ — сырдык халлаан өҥө өҥнөөх.
Дьэҥкир күөх - сырдык күөх от.
Күөх бороҥ - сылгы дьүһүнүн арааһа: нуолур түүтэ үрүҥ, кылаан түүтүн төбөтө көҕөрөн көстөр, хара түү булкаастаах, атахтарын сэбэрэтэ бороҥ түүлээх.
Күөх буулуур - сылгыга сыыаннаах: көҕөрүмтүйэн көстөр толбоннордоох бороҥ дьүһүннээх
Күөх көҕөччөр
Күөх сур - сылгы ҕҥүн арааһа: көҕөрүмтүйэ кытаран көстөр хара өҥ.
Күөх таалай - хараҥа халлаан күөх.
Күөх таалай - күөх өҥ булкаастаах
Күөх эбириэн - сырдык күөх толбоннордоох
Күөх элэмэс - сылгы өҥүн арааһа: уопсай өҥө бороҥ көстүүлээх буолан баран, ханан эрэ элэмэстээх.
Күөх эриэн - сырдык өҥө көҕөрүмтүйэн көстөр эриэн.
От күөх - от өҥө күөх өҥнөөх.
Торҕо күөх - олус сырдык от күөх.
Хампа күөх - хараҥа от күөх.
Чээлэй күөх - сып-сырдык от күөх[1].