Япония бэлиэ күннэрэ
From Wikipedia, the free encyclopedia
Remove ads
Япония бэлиэ күннэрэ.
- Муус устар 29 — Сёва күнэ[1]
- Ыам ыйын 3 — Конституция күнэ (1948 сыллаахха бастаан бэлиэтээбиттэр)
- Ыам ыйын 4 — Күөх от-мас күнэ. (みどりの日, Midori no Hi). Көмүс сэттиэлэ (Огон Шукан, 黄金週間) — Японияҕа муус устар 29-тан ыам ыйын 5 күнүгэр диэри бэлиэтэнэр судаарыстыба бырааһынньыктарыттан биирдэстэрэ. Бастаан урукку импэрээтэр төрөөбүт күнүн атын импэрээтэр бүрүстүөлгэ олорбутун кэннэ маннык ааттаабыттар (урукку импэрээтэр оту-маһы сөбүлүүрүн кэриэстээн), онтон Көмүс сэттиэлэни уһатар соруктаах отой да атын күҥҥэ көһөрбүттэр.
- Ыам ыйын 5 — Танго но сэкку (эбэтэр Аямэ-но-хи — баҕа батаһын күнэ). Былыргыттан ыраахтааҕы дьиэтигэр ыытыллар Госэкку диэн ааттанар 5 сиэртэн биирдэстэрэ
- Ыам ыйын 5 — Оҕо күнэ. Соҕуруу Кэриэйэҕэ эмиэ бу күн бэлиэтэнэр.
- Ыам ыйын 15 — Аой-мацури, мальва бэстибээлэ
- Ыам ыйын 17 — Тосегу бэстибээл (паланкиннар икки күннээҕи параадтара) [2]
- Ыам ыйын 27 — Байыаннай байҕал флотун күнэ
- Бэс ыйын 10 — Чаһы күнэ [3]
- От ыйын 7 — Танабата диэн таптал бэстибээлэ (урукку аата Сулус бэстибээлэ) ыытыллар. Үһүйээн быһыытынан, бу эрэ түүн таптаспыт сулустар көрсөр кыахтаахтар эбит.
- От ыйын 10 — Натто күнэ (сояттан оҥоһуллар ас-үөл)
- От ыйын 13 — Обон (дьоп. お盆) эбэтэр Бон (дьоп. 盆), өлбүттэри ахтан ааһар күн (от ыйын 16 диэри). Буддистар бу үс күн тухары өлбүттэр дьиэлэригэр таарыйан ааһаллар диэн итэҕэйэллэр. Бон одори диэн үҥкүү сиэрэ-туома толоруллар.
- От ыйын 17 — Гион Мацури (Gion Matsuri)
- От ыйын 19 — Дьахтар-миниистирдэр күннэрэ [4]
- Атырдьах ыйын 6 — аан дойдуга Хиросима күнэ бэлиэтэнэр. Ядернай сэрии сэбин бобуу аан дойдутааҕы күнэ[5]
- Атырдьах ыйын 9 — Куустуһуу күнэ
- Атырдьах ыйын 11 — Хайа күнэ. 2014 сыллаахха Япония түмэнэ бу күнү 2016 сыллаахтан бэлиэтиир туһунан сокуон ылыммыта. Онно дьоппуон култууратыгар далай уонна хайа ураты суолталаахтара ыйыллыбыт.
- Атырдьах ыйын 13 — Обон саҕаланар — өлбүттэри ахтар сиэр-туом (атырдьах ыйын 13—15 күннэрэ).
- Балаҕан ыйын 9 — Хризантема күнэ эбэтэр Кику-но-Секку
- Балаҕан ыйын 18 — Окинава арыы олохтоохторун түөлбэ тылларын күнэ
Remove ads
Быһаарыылар
Wikiwand - on
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Remove ads